Харыалык диоксида
Тас көрүҥэ
Харыалык диоксида (CO2) диэн химия холбоһуга, харыалык аһыыбалаах оксида. Өҥө суох кыра биллэр-биллибэт сыттаах гаас. Биир харыалык уонна икки абалык атомнарыттан турар. Тыыннаахтар тыыналларыттан үөскээн тахсар. Тыыннаах тобоҕо (органика) умайдаҕына эмиэ тахсар. Үүнээйилэр харыалык диоксидын иҥэрэн аһыыллар, бу фотосинтез дэнэр. Шотландия билимдьитэ Джозеф Блэк 1750-с сылларга харыалык диоксидын саҥнарын үөрэтэн суруйбута. Харыалык диоксида Сир климатыгар улахан дьайыылаах бүскүтэр гаас буолар. -78.5°C температураҕа кытаанах туруктанан кураанах муус буолар.