Халыып:Бу күн:09-20
Тас көрүҥэ
- Азербайджан — Ниэп хостооччуларын күнэ.
- Беларусь — Таможенник күнэ.
- Кыргыстаан — Урбаанньыт күнэ.
Түбэлтэлэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1862 — Санкт-Петербургка Арассыыйа бастакы консерваторията олохтоммут.
- 1870 — Италия холбонуута түмүктэммит. Италия сэриилэрэ Папа Судаарыстыбатын ылбыттар уонна Римҥэ киирбиттэр. Папа Пий IX ону билиммэтэх уонна дыбарыаһыттан Ватикан томторугар көһөн тиийэн олохсуйбут.
- 2019 — Аан дойду үрдүнэн 4 мөлүйүөн кэриҥэ киһи, үксэ устудьуоннар, климат уларыйыытын утары демонстрациялары ыыппыттар.
Төрөөбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1857 — Сергей Ястремскай — Саха сиригэр көскө кэлэ сылдьан саха тылын грамматикатын үөрэппит киһи.
- 1857 — Николай Виташевскай — этнограф, суруйааччы, народниктар хамсааһыннарын биллэр-көстөр диэйэтэлэ, политсыылынай. 1882 сыллаахха былааһы утаран Сибииргэ көскө ыытыллыбыт, онно Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын чинчийбит.
- 1919 — Феодосий Донской — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, суруналыыс, социолог-чинчийээччи. Кини бииргэ сэриилэспит табаарыһын, Чувашияттан сылдьар Коннов Ф. Ф., кытта урусхалламмыт рейхстаг эркинигэр бэлиэ-сурук хаалларбыттарын, ТАСС уонна «Кыһыл Сулус» хаһыат фотокорреспондена Анатолий Морозов түһэрбит хаартыската 1946 сыл күһүнүгэр «Огонек» сурунаалга бэчээттэммитэ. Ньурба улууһун, Эбээн-Бытантай улууһун уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
- 1930 — Семен Ковлеков (09.03.2003 өлб.) — Саха Сирин сэбиэскэй кэминээҕи устуоруйатын чинчийбит учуонай, история билимин кандидата, доцент.
- 1955 — Наталья Попова — филология билимин кандидата, турок уонна саха тылын грамматикаларыгар идэтийэр.
- 1987 — Билял Махов — Арассыыйа көҥүл уонна греко-римскай тустууга бөҕөһө. Көҥүл тустууга аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, көҥүл тустууга Европа чөмпүйүөнэ, көҥүл уонна греко-римскай тустууга Арассыыйа чөмпүйүөнэ. Ырахан ыйааһыҥҥа UFC профессиональнай бөҕөһө.
Өлбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1992 — Николай Степанов — Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна Дьоппуону утары сэрии кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1990), Бүлүү улууһун ытык киһитэ.