Иһинээҕитигэр көс

Анахронизм

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Анахронизм — историяны, кэми-дьылы, былыргыны-аныгыны булкуйан суруйуу.

Литературнай айымньыга автор билбэккэ, арыт билэ-билэ да, уус-уран суругу толороору, араас эпоха, үйэ историческай чахчыларын булкуйан көрдөрүүтэ; былыргыны аныгыны, аныгыны былыргыны оҥоруу, биир үйэ историческай чахчыларын булкуйан көрдөрүүтэ; былыргыны аныгы, аныгыны былыргы оҥоруу, биир үйэ киhитин уонна чахчытын атын үйэҕэ илдьии. Холобур, олоҥхоҕо баар буолар: абааhы бухатыырын хаалтыстаан, сэлээпэлэр өссө пистолеттан ойуулааhын. Эбэтэр С. Омоллоон «Күкүр Уус» драматыгар геройа холбоhуктааhын кэмигэр «ат бастаах андаҕары» андаҕайыыта-ити былыргы абыычай.