Ерохин Георгий Алексеевич
Ерохин Георгий Алексеевич | ||||||||
Төрөөбүт күнэ | ||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Төрөөбүт сирэ |
Усть-Илга с.[1], | |||||||
Өлбүт күнэ |
17 бэс ыйын 1986 (79 сааһыгар) | |||||||
Сулууспалаабыт дойдута | ||||||||
Сулууспалаабыт сыллара |
1929—1931; 1941—1945 | |||||||
Солото | Гвардия старшината | |||||||
Чааһа |
54-с КП, 14-с КД | |||||||
Кыргыһыылар/сэриилэр | ||||||||
Наҕараадалара |
|
Ерохин Георгий Алексеевич (06.03.1907, Усть-Илга с.[1] — 17.06.1986) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Албан аат уордьанын толору кавалера.
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1907 сыллаахха Усть-Илга с.[1] бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Нуучча. Алта кылаас үөрэхтээх. Өлүөнэтээҕи өрүс пароходствотыгар Жигаловскай судоверфь «Боец» пароходун капитанын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбит.
1929—1931 сс. Кыһыл Аармыйаҕа сулууспалаабыт. 1929 сыллаахха Кытай—Илин тимир суолугар буолбут кыргыһыыларга кыттыбыт. 1941 сыллаахха балаҕан ыйыгар иккиһин Дьокуускай[2] куорат военкоматынан ыҥырыллыбыт. 1942 сыл олунньутуттан фроҥҥа сэриилэспит.
54-с гвардейскай кавалерийскай полк химияҕа взводун хамандыыра гвардия сержана Ерохин 1944 сыл тохсунньутугар Гомельскай оройуон Борисоковичи, Туров нэһилиэнньэлээх пууннарын аттыгар буолбут кыргыһыыларга хорсун быһыытын иһин Албан аат III ст. уордьанынан наҕараадаламмыт[3].
Украина Волынскай уобалаһын Писарева Воля дэриэбинэ аттынааҕы[4], Польша Ополе куоратын иһин[5] кыргыһыыларга бойобуой өҥөлөрө Албан аат уордьанын II уонна I степеннэринэн бэлиэтэнэн, гвардия старшината Ерохин бу уордьан толору кавалера буолбут.
1945 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр Москваҕа буолбут Кыайыы Парадыгар кыттыбыт.
1945 сыл сэтинньитигэр сулууспата бүтэн дойдутугар төннүбүт. Жигалово с., ол кэннэ Иркутскайга олорбут уонна үлэлээбит.
1986 сыллаахха бэс ыйын 17 күнүгэр өлбүт.
Наҕараадалара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьана (06.04.1985)[6]
- Икки Кыһыл Сулус уордьана (28.11.1943[7]; 30.05.1945[8])
- Албан аат уордьанын III ст. (03.03.1944)[3]
- Албан аат уордьанын II ст. (13.06.1944)[4]
- Албан аат уордьанын I ст. (24.03.1945)[5]
- «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл (14.12.1942)[9]
- Мэтээллэр
Үйэлээх аата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу баска суолталаах ситэрии ирдэнэр. Ыстатыйа баһын толорон көмөлөһүөххүн сөп, ол кэннэ бу биллэриини сот.
|
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ 1,0 1,1 1,2 Билиҥҥинэн Иркутскай уобалас, Жигаловскай оройуон.
- ↑ Ерохин Георгий Алексеевич
- ↑ 3,0 3,1 Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ 4,0 4,1 Наҕараада докумуоннарыгар аҕатын аата сыыһа Васильевич диэн ыйыллыбыт.Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ 5,0 5,1 Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Карточка награждённого к 40-летию Победы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Ерохин Георгий Алексеевич. Cитим-сир «Герои Страны».
- Дьон алпаабытынан
- Кулун тутар 6 күнүгэр төрөөбүттэр
- 1907 сыллаахха төрөөбүттэр
- Бэс ыйын 17 күнүгэр өлбүттэр
- 1986 сыллаахха өлбүттэр
- Дьоннор алпабыытынан
- Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьанын кавалердара
- Кыһыл Сулус уордьанын кавалердара
- Албан аат уордьанын кавалердара
- «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- Бикипиэдьийэ:Навигация халыыптара
- Албан аат уордьанын толору кавалердара:Саха Сирэ
- Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара
- Кыайыы Парадын кыттыылаахтара